«Удьуор утум быстыбат ситимэ»
Ытык Бахсы сиригэр Туобуттан төрүттээх, Намылдьыйа Бүөтүр сыдьааннара, театральнай эйгэҕэ олохторун анаабыт хас да киһи баар. Ол курдук:
- Слепцов Николай Дмитриевич – Туобулаахап (1912-1964) – СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, «Кыьыл сулус» уордьан кавалера. Артыыс, драматуур, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
1932 с. Марк Слепцов, В. Скрябин, кийиит буолбут Матрена Васильевна уо.д.а. кытары Москваҕа Луначарскай аатынан ГИТИС-кэ 4 сыл үөрэнэн артыыс идэтин ылбыта.
1940 с. саҥа аһыллыбыт Ньурба тыйаатырыгар, уус-уран салайааччы Георгий Алексеев, директор М. Ал. Решетников бастакы сезонун аһыыга Туобулаахап суруйбут «Селькор Сэмэн» айымньыта туруоруллан улахан биһирэбили ылбыта.
«Алмаастаах тайҕаҕа», «Патриоттар», «Чараҥҥа» айымньылара туспа кинигэнэн тахсыбыттара. Драматуур быһыытынан киэҥник биллэр. Кини «Ини-биигэ» — Пистолет, «Сайсарыга» — Мүлдьү уо.д.а. оҕолор оруолларын толортообутун биирдэ көрбүт киһи өйүгэр, сүрэҕэр хатанар гына толортуура.
Николай Дмитриевич кэргэнэ, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Прасковья Семеновна Петрова. Саха театральнай искусствотыгар суолун хаалларбыт артыыстартан биирдэстэрэ буолар.
- Слепцов Марк Дмитриевич (1914-1989) – Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1947), Саха АССР народнай артыыһа (1955) РСФСР үтүөлээх артыыһа (1957), РСФСР народнай артыыһа (1972).
1934 сыллаахха Дьокуускайдааҕы национальнай студияны, 1936 сыллаахха А.В. Луначарскай аатынан Москватааҕы театральнай искусство государственнай институтун үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрээт, Саха государственнай драмтеатрыгар артыыһынан үлэлии киирбитэ. Сүрүн режиссерунан үлэлии сылдьан,1940 сыллаахха Ньурба холкуоһунай драмтеатрын тэрийбитэ.
Марк Дмитриевич барыта сүүстэн тахса уобараһы айбыта. Ол иһигэр Дьадаҥы Дьаакып – А. Софронов «Дьадаҥы Дьаакып», Сис Сэмэнэ – А. Софронов «Таптал», Уолака – Суорун Омоллоон «Сайсары» уо.д.а. оруолларын чаҕылхайдык толорбута.
Марк Слепцов кэргэнэ Матрена Васильевна Слепцова — Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1941), Саха АССР народнай артыыһа (1952) РСФСР үтүөлээх артыыһа (1956), РСФСР народнай артыыһа (1962).
Марк, Матрена Слепцовтар уоллара Марк Маркович Слепцов – пианист, концертмейстер, СР үтүөлээх артыыһа.
- Слепцов Андриан Семенович (1916-1993) – Саха АССР үтүөлээх артыыһа, ССРС култууратын туйгуна.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, «Венаны ылыы иһин», «Праганы босхолооьун иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
1936 сыллаахха Саха национальнай театрын икки сыллаах студиятын үөрэҕин бүтэрээт, саҥа тэриллибит Майатааҕы 1 Государственнай холкуоһунай театрга артыыһынан ананан үлэлээбитэ. 1941-1946 сс. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллан Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыта. 1946 с. П. Ойуунускай аатынан Саха государственнай музыкальнай-драматическай театрын артыыһынан ылыллыбыта. 1953 с. А. Островскай аатынан Ленинградтааҕы театральнай искусство институтугар салайааччылар үрдүкү курстарын бүтэрбитэ. 1958 с. Үөһээ Бүлүүтээҕи Государственнай көс театрын дириэктэринэн анаммыта. 1963-1971 сс. П. Ойуунускай аатынан Саха государственнай драматическай театрын артыыһа буолбута. 100 тахса оруоллары оонньообута, олортон сүрүннэрэ: Мэхээс – С. Ефремов «Ини-бии», Татарин – М. Горькай «Түгэххэ», Бобчинскай – Н. Гоголь «Ревизор», Эриэн Бэргэһэ – И. Гоголев «Наара Суох» уо.д.а.
Андриан Семенович орто кыыһа Альбина Андриановна Слепцова-Борисова – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна, РФ суруйааччыларын Сойууһун, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
1969 с. орто оскуоланы бүтэрэн баран П.А. Ойуунускай аатынан Саха драматын театрыгар синхроннай тылбаас дикторынан үлэлээбитэ. 1979 с. ССРС суруйааччыларын М. Горькай аатынан литературнай институтун уус-уран тылбаас салаатын бүтэрэн баран Бүтүн Россиятааҕы театрдар уопсастыбаларын Саха сиринээҕи салаатыгар эппиэттиир секретарынан үлэлээбитэ. Кини кыыьа Анастасия Борисова – киинэ эйгэтин эдэр кэскиллээх режиссера.
- Слепцов Спартак Иванович (1935-2004) – Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1977), «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьан кавалера.
1957 с. Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищены бүтэрэн 1961 с. диэри Үөһээ Бүлүүтээҕи государственнай көһө сылдьар театр артыыһынан үлэлээбитэ. 1966 с. Луначарскай аатынан Москватааҕы театральнай искусство государственнай институтун бүтэрбитэ. 1968 с. Ньурбатааҕы государственнай көһө сылдьар драматическай театрга кылаабынай режиссерунан үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларыгар араас омук уонна саха классиктарын айымньыларыттан 80-ча спектакллары туруорбута. Олор истэригэр: И. Юмагулов «Нэркэс», Ф. Шиллер «Таптал уонна уодаһын», А. Балакаев «Ийэ сүрэҕэ», Сиэн Чолбодук «Тойукпун торумнааҥ, иһирэхпин истиҥ», П. Тобуруокап «Аана буолар Аана» уо.д.а. испиктээкиллэри туруоран, көрөөччү кутун туппута.
Спартак Иванович улахан уола Семен Спартакович Слепцов – Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн кэлээт Ньурба театрыгар артыыһынан үлэлээбитэ. Кини кэргэнэ – СР үтүөлээх артыыһа, биллиилээх режиссер Федот Потапов кыыһа, Елизавета Федотовна Потапова.
- Саха театральнай искусствотыгар суолларын хаалларбыт улуу убайдарын утумнааччы Слепцова Майя Петровна – СӨ утүөлээх артыыһа (2007), Ньурба куоратын, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо.
1979 с. Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищены бүтэрбитэ. 1986 с. Илин сибиирдээҕи култуура уонна искусство институтун бүтэрбитэ. 1980 с. Ньурбатааҕы государственнай көһө сылдьар драматическай тыйаатырга артыыһынан үлэлии киирбитэ. Барыта 70-ча араас уобарастары айда. Көрөөччүгэ ордук биһирэммит уобарастарынан буолаллар: Айта – И. Семенов «Мас холбука», Оля – М. Тойбаев «Москваттан кийиит», Аана – П. Тобуруокап «Аана буолар Аана», Тыаһааны – И. Гоголев «Тыгын Дьаҥхалаах дьолуо», Хаайыылаах дьахтар – С. Ермолаев «Айыы түспэтэх сиригэр», Матаһыйар Маайа – В. Гаврильева «Акаары дьахтар», Галка – О. Погодина «Туой буор», Автор – А. Кулаковскай «Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата» уо.д.а. Маны таһынан режиссер быһыытынан холонон көрбүт «Халлаан дьайҕара халлыах тустаах» Сиэн Чолбодук суруйуутугар айымньыны туруоран, көрөөччү кутун туппута. Майя Петровна кэлиҥҥи сылларга Саха НКИХ каналыгар көстөр «Сүлүһүннээх таптал», «Мин таптыыр спутнигым» сериалларга оонньообута.
2019 сылтан социальнай ситимҥэ «Эбээ Маайа» диэн элбэх сурутааччылаах ханаал арыйан, саха классиктарын уонна араас омук суруйааччыларын айымньыларын оҕолорго да, улахан дьоҥҥо да анаан ааҕан иһитиннэрэр.
Майя Петровна кэргэнэ Борис Петрович Васильев – Ньурба тыйаатырыгар музыкальнай чаас сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кини ийэтэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Маргарита Гаврильевна Тихонова – Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены 1966 с. бүтэрээт, Ньурба театрыгар артыыһынан ананан кэлэн, олоҕун театрга анаабыт дьонтон биирдэстэрэ буолар.
Майялаах Борис кыыстара, икки өттүттэн театральнай династияны салҕыыр Маргарита Васильева, билигин Ньурба тыйаатырын эдэр кэскиллээх режиссера буолар.
Ити курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, удьуор утум быстыбат.